Игнатьев Николай Иванович_Сунтаар_Уһун Күөл
Игнатьев Николай Иванович_Сунтаар_Уһун Күөл
Николай Иванович Игнатьев 83 саастаах. Эдэр сааһыттан сүөһү үлэтигэр. Кэлин алмаастаах Айхалга тутууга, араас үлэлэргэ сылдьан ол тэрилтэ бэтэрээнэ, элбэх мэтээллэр, знактар кавалердара. Бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран дьонун-сэргэтин өйдөбүлүгэр, бэйэтин санаатыттан элбэх пааматынньык автора. Сэһэнигэр баар. Дьоҥҥо-сэргэҕэ убаастанар, бочуоттанар киһи. Бу видеоны Василий Лукич Васильев уһулла.